«Үлэнэн дьолломмут дьиэ кэргэн»
📚 📚 📚 Хоптоҕо нэһилиэгэр саҥа кинигэ сүрэхтэннэ.
Быйыл, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Өрөспүүбүлүкэбитигэр Оҕо саас, улууспутугар Ыал саргыта сылларынан уонна нэһилиэкпитигэр «Дьиэ кэргэн» декадатын чэрчитинэн «Үлэнэн дьолломмут дьиэ кэргэн» диэн Анна Андреевна, Семен Егорович Сидоровтар тустарынан ахтыы кинигэни сүрэхтээтибит.
Ол курдук, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын бочуоттаах бэтэрээнэ, Эрилик Эристиин аатынан колхуос-сопхуос чөмпүйүөн тракториһа, Хоптоҕо нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Семен Егорович уонна кини кэргэнэ Хоту көһөрүллүү кыттыылааҕа, «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээл, «Саха АССР чулуу ыанньыксыта» бэлиэ хаһаайкалара, үлэ бэтэрээнэ, Хоптоҕо нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Анна Андреевна Сидоровтар дьоһун олохторун, үлэлэрин үйэтитэр өйдөбүнньүк кинигэ буолар.
«Сайдам» типографиятыгар 200 ахсаанынан тахсыбыт, аныгылыы тупсаҕай оҥоһуулаах. Кинигэни оҕолоро Егор Семенович, Николай Семенович, Семен Семенович, Афанасий Семенович Сидоровтар хомуйан, таҥан оҥордулар.
—



