«Кинигэ — оҕо бастыҥ доҕоро»
Ыам ыйын 11-15 күннэригэр Хоптоҕо нэһилиэгин бибилэтиэкэтэ Дириҥ орто оскуолатын интэринээтин оҕолоругар «Кинигэ — оҕо бастыҥ доҕоро» — ааҕыы нэдиэлэтин ыытта. Манна сүрүн көмөнү интэринээт үлэһиттэрэ Т. И. Сергеева уонна В. К. Прокопьева буоллулар. Үлэбит сүрүн сыалынан-соругунан оҕону уус-уран айымньыга сыһыарыы, айымньыны истэргэ, тылга болҕомтолоох буолууга иитии, оҕо тус олоҕун айымньы нөҥүө сиэр-майгы сыаннастарынан байытыы, оҕоҕо ааҕыы култууратын сайыннарыы буолар.
Улуу Кыайыы 81 сылынан, оҕолор Аҕа дойду улуу сэриитин уонна билиҥҥи кэм дьоруойдарын тустарынан кинигэлэри аахтылар.



