«Коррупцияны утары охсуһуу — хас биирдии киһи эбээһинэһэ»
«Коррупцияны утары охсуһуу — хас биирдии киһи эбээһинэһэ» кылаас чааһа ыытылынна.
Ахсынньы 9 күнүгэр өрөспүүбүлүкэбитигэр коррупцияны утары охсуһуу аан дойдутааҕы күнэ бэлиэтэнэр. Олохтоох бибилэтиэкэ үлэһитэ 4-с кылаас үөрэнээччилэригэр анаан кылаас чааһын ыытта.
Оҕолор «Коррупция» диэн туох тылын, кыра эрдэхтэриттэн чиэһинэй, бэрээдэктээх, сокуону убаастыыр, үтүө суобастаах үлэһит дьон буолан тахсыахтаахтарын биллилэр.
Корруция утары оонньууга көхтөөхтүк кытыннылар. Ону таһынан, коррупция сайдар биричиинэлэрэ, ордук ханнык тэрилтэлэргэ баарый, хайдах гынан коррупцияны утары охсуһабытый диэн ыйытыыларга сүрдээх сөптөөх хоруйдары биэрдилэр.
Прочитала текст